Перейти к содержанию

Рубрика «Главная»

«Арчы Дьиэтигэр» духуобунай култуура киинигэр «Кымыс иһиитин сиэрэ-туома» семинар туһунан киирэн ааҕын

Муус устар 7 күнүгэр «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр улуус култуураларын үлэһиттэригэр уонна саха сиэрин-туомун сэргээччилэригэр аналлаах “Кымыс иһиитин сиэрэ-туома” семинар буолан ааста. Семинар арыллыытыгар алгысчыт Кычкин Петр Петрович – Сайылык Уола Аал уотун айах тутан аһатан, күндүлээн, маанылаан, Кымыс иһиитин сиэрин-туомун оҥордо. Алгысчыты кымыстаах чороонунан арыаллаатылар Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство …

Муус устар 6 күнэ 2023 сыл, улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалын 3 этаба, фольклорнай композиция уонна олоҥхо

⚜️⚜️⚜️ Бэҕэһээ күнү быһа ыытыллыбыт, уус уран самодеятельность фестиваль 3 чааһа фольклор көрүҥэр буолан ааста 😊😊😊Уопсай түмүгүнэн үрдүк баалы ылан Партизан бэйэтин группатыгар Муҥур кыайыылаах буолла 🥳🥳🥳🥳🥳🥳🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽Кыттыыны ылбыт «Күөрэгэй» оҕо ансаамбылга, сал. Вера Николаевнаҕа, «Сайбай» фольклорнай бөлөх сал. Альбина Алексеева, «Айылгы» орто оскуола коллективыгар Надежда Николаевна Аммосоваҕа, кырыымпа доҕуһуолугар олорбут Марфа Прокопьевна Захароваҕа, уонна массовкаҕа …

Кулун тутар 27 күнүгэр 2023 сыл улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалын 2 этаба, спектакль уонна сценка көрүүтэ

⚜️⚜️⚜️ Бу күн күнү быһа ыытыллыбыт, уус уран самодеятельность фестиваль 2 чааһын Спектакль уонна сыанка көрүүтэ буолла 😊😊😊Уопсай түмүгүнэнГран при: Көбөкөн1м: Партизан2м: Бөтүҥ3м: Никольскийтаҕыстылар 🥳🥳🥳🥳🥳🥳Кыттыыны ылбыт «Айдар» драм коллективка, «Күллэринньик» мини театрга уонна массовкага кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!Айар аартыккыт арыллан өссө да үүнүүнү — сайдыыны баҕарабыт🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽😘😘😘😘😘😘

Кулун тутар 24 күнүгэр Культура үлэһитин күнэ

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠М.К. Аммосов аатынан культура уонна духуобунас дыбарыаһыгар«С Праздником, дорогие ТВОРЦЫ! диэн Культура үлэһитин күнүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ааспыта🎊🎊🎊Үөрүүлээх чаасПРОГРАММАТА:🎤Наҕаарадалааһын🏆2022 сыл түмүгүнэн анал ааттары туттарыы🎼Культура эйгэтигэрсаҥа үлэһиттэри чиэстээһин🎙️Эҕэрдэ кэнсиэр

Кулун тутар 20-21 күннэригэр »Танцует Якутия» үҥкүү күрэҕэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Станислав Катаков аатынан »Танцует Якутия» үҥкүү күрэххэ »Күрүлгэн» үҥкүү коллектива »Лучший народный танец» номинация ылбыта. Салайааччы Нюргуяна Руслановна Сысолятина.

»14 граций» күрэх

Кулун тутар 17 күнүгэр оскуола коллектива кыргыттарга аналлаах «14 Граций Айыы Куо» диэн Светлана Лукина (Сайыына) проегын чэрчитинэн олус кэрэ тэрээһин буолан ыыттылар. Бу күн кыргыттарбыт сааскы чаҕылхай күннүү мичээрэн, кэрэ сибэккилии сандааран, кыталык курдук кынталдьыһан, сахалыы таҥнан-симэнэн, куба курдук долгуйан үөмэр-чүөмэр үктэнэн сыанаҕа таҕыстылар.4 кылаас тыллан эрэр кэрэчээнэлэрэ сир симэ5ин курдук симэнэн үҥкүүлээн тэлээрдилэр. …