Эңсиэли далбар хотуттара түмсэллэр

Бүгүн *Сэтинньи 3 күнүгэр Аппааны нэһилиэгин «ЧОРООН» Норуот айымньытын киинигэр* улууспут женсовета тэрийэн ыыппыт, *«ЭҤСИЭЛИ ДАЛБАР ХОТУТТАРА ТҮМСЭЛЛЭР»* мааны кэрэ аҥардара холбоһук кэнсиэргэ биһиги нэһилиэктэн «Хомус» ырыа ансаамбыла, Нария Саввина кыттыыны ыллылар.Ону таһынан выставка5а кыттыбыт 1. Мокрощупова Маргарита Дмитриевна5а2. Оконешникова Нина Иннокентьевна5а3. Оконешникова Сардана Петровна5а4. Баишева Туйаара Евстратьевна5а бар5а Махтаал 👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻Үлэлэрэ дьон биһирибэлин ылла 😍😍😍👍🏻Ону …
Читать далее Эңсиэли далбар хотуттара түмсэллэр

*Halloween Night*

Алтынньы 30 күнүгэр, нэһилиэкпит оҕолоругар Хэллоуин күнүнэн Косплей вечеринката буолан ааста.Кэлбит о5олор 3 Хамаанда5а арахсан араас сорудахтахтары толордулар, бэйэлэрин тургутан көрдүлэр. Мумия оңордулар, кистэлэң дьааһык иһигэр туох баарын таайдылар, яблоканы иһиттэн иһиккэ тастылар, тыква араас көрүңүн уруһуйдаатылар.О5олор наһаа үчүгэйдик оңостон, маска кэтэн кэлбиттэр. Уопсай көрүү түмүгүнэн 3 бириистээх миэстэ5э тигистилэр: 1. Колесова Мия — Куоска …
Читать далее *Halloween Night*

Батик — таңаска ойуу түһэрии кистэлэңэ МК

Алтынньы 28 күнүгэр,БАТИК техникатыгар аптаах маастар кылаас буолан ааста.МК кыттыылаахтара илиилэринэн таӈаска дьикти кэрэ ойууну айан, саӈа дьоҕуру арыйан астыннылар, Махтал мааны тылларын анаатылар.Маастар кылааһы Намнааҕы Педколледж уруһуйга преподавателэ Михайлова Виктория Петровна уһуйан ыытта.Батик дьикти кистэлэҥнэрин кытта билистилэр, хас биирдии киһи бэйэтэ туспа дизайнаан айан оӈорбут үлэлэрин дьиэлэригэр илдьэ бардылар.МК кэлбит дьоммут сырдык, сылаас эйгэ5э, …
Читать далее Батик — таңаска ойуу түһэрии кистэлэңэ МК

Ийэ мичээрэ — Дьокуускай куораттан гастрол

Алтынньы ый 24 күнүгэр, Дьокуускай куораттааҕы «Арчы Дьиэтэ» айылгы киинин иһинэн үлэлиир_ *«Ньургуһун»* ырыа түмсүүтэ Күндү күн сирин көрдөрбүт ийэлэргэ анаан*_«ИЙЭ МИЧЭЭРЭ»*_э5эрдэ кэнсиэрэ буолан ааста. Бэрт сэргэх кэнсиэри көрөн күндү көрөөччүлэр, үөрэн — көтөн тар5астылар. Саамай элбэх о5олоох эдэр Ийэ5э Александра Кривошапкина5а минньигэс туордунан күндүлээтилэр.

Максим Кириллович — «Ураты талаан быыстапката»

Алтынньы ый 27 күнүгэр,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Культура сылынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна» , «Нам улууһун муниципальнай тэриллии сайдыытыгар кылаатын иһин» наҕараада хаһаайына, импровизатор хомусчут биһиги нэһилиэк биир киэҥ туттар талааннаах киһибит Максим Кириллович Аргунов» — «Ураты талаан» быыстапкатын уонна өр сылларга муспут коллекциятын аһыллыыта, истиң сэһэргэһии быһыытынан үрдүк таһымңа ааста.Быыстапкаҕа кини уран оҥоһуктарын киэҥ эйгэҕэ таһаарда, …
Читать далее Максим Кириллович — «Ураты талаан быыстапката»

1 Хомустаахха стратегическай сессия5а Татьяна Афанасьева уонна Нюргуяна Сысолятина кыттыыны ыллылар.

Алтынньы 22 күнүгэр ыаллыы сытар 1 Хомустах нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтигэр стратегическай сессия ыытылынна. Бырагыраамаҕа:Арассыыйаҕа гражданскай инициативалары сайыннарыы стратегията.Федеральнай таһымнаах НКО өйөбүллэрин миэрэлэрин кэпсээтилэр. Опыттарын үлэһиннилэр:🎤 Салайааччы: Александра Иннокентьевна Гурьева («АКФА» Ресурснай киин дириэктэрэ). Модератор: Елена Николаевна Николаева.Экспертэр: Ольга Дмитриевна Ларькова («ЗОЛОТОЙ УЛЕЙ» АНО) уонна Марианна Тимофеевна Михайлова (УР ВОС Дьокуускайдааҕы РО).Координатор: Аида Васильевна Захарова.Биһиги …
Читать далее 1 Хомустаахха стратегическай сессия5а Татьяна Афанасьева уонна Нюргуяна Сысолятина кыттыыны ыллылар.

Аан дойду аанньаллара — Ийэлэр.

Алтынньы 21 күнүгэр олохтоох бала5аңңа Нам улууһун доруобайаларынан хааччахтаах о5олордоох, доруобайаларынан хааччахтаах ийэлэргэ аналлаах «Аан дойду аанньаллара — Ийэлэр» сынньалаң буолан ааста. 1 Хомустахтан, Хатын арыы, Үөдэй, Хама5атта, Нам, Салбан, Бөтүң, Модут нэһилиэктэриттэн инбэлииттэр уопсастыбалара, күн күбэй ийэлэрин илдьэ кэлэн, бэрт сэргэх тэрээһин ааста.Тэрээһин С. Н. Стручков аатынан» Албан аат» түмэлин көрүүттэн, Бартыһаан нэһилиэгин тыа …
Читать далее Аан дойду аанньаллара — Ийэлэр.

Бартыһааңңа Виталий Власов

Алтынньы 17 күнүгэр,СР искусствотын үтүөлээх деятелэ, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,поэт, музыкант*ВИТАЛИЙ ВЛАСОВ*Айар киэһэтэ (ырыа-музыка, сэһэн-тэппэн)Өрдөөҕү ырыаларЛирикаТылбаас ырыаларРок, блюз

Ыйдаа5ы сиэр — туом. Алтынньы ый Хотой Айыы ыйа

Алтынны 3 күнүгэр, Нам сэлиэнньэтигэр П. П. Ядрихинскай аатынан Олоңхо дьиэтигэрӨбүгэбит үгэстэрин үйэтитэр сыаллаахАлтынны ый Айыытын айхаллыы,Хотой Айыы арчылаах алгыһын Этнолаборатория үөрэтэр — чинчийэр киин иһинэн ыытылынна.Биһиги нэһилиэктэн Дьүрүл н/а Уус уран салайааччыта Мария Аргунова ыытта.

Бартыһааңңа Кыайыы өрөгөйө

Бартыһаан уус-уран бөлөҕө Санкт-Петербурга ситиһии көтөллөннө‎‎»Салют талантов» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак «Времена года. Петербург» фестиваль-куонкуруһугар Бартыһаан нэһилиэгин талааннаахтара ситиһиилэннилэр.‎‎Ол курдук, наһаа үчүгэй сонун Санкт- Петербургтан бу сарсыарда кэллэ.Норуот үгэһин харыстыырын уонна тарҕатарын иһин Сысолятина Нюргуяна Руслановна салайааччылаах «Күбэйэ» ансаамбыл иккис истиэпэннээх лауреат аатын ылла.‎‎Нюргуяна Сысолятина бэйэтэ үӈкүүлээн 2 ст. лауреат, «Лучший костюм» номинацияны ылар чиэскэ …
Читать далее Бартыһааңңа Кыайыы өрөгөйө