Перейти к содержанию

Кулун тутар 19 күнэ

    

Николай Рыкунов »Олох суһума» диэн кинигэтэ сүрэхтэннэ. Эдэр сааһыгар олохтон туораабыт Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, литература кириитигэ, телесуруналыыс, прозаик, тылбаасчыт Николай Рыкунов туһунан, кини кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун, айар үлэтин сырдатар-кэпсиир «Олох суһума» диэн кинигэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, сүрэхтэннэ.Бу күн кинигэни эт илиилэринэн тутан-хабан суруйан таһаарбыт Николай Рыкунов үтүө доҕотторуттан биирдэстэрэ “Чолбон” уус-уран литературнай уонна уопсастыбаннай-политическай сурунаал сүрүн редактора, поэт, публицист, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ Гаврил Андросов-Ондороос ыалдьыт буолла.«Хомус» фольклор дьиэтин уоннаолохтоох модельнай библиотека тэрийиилэринэн олус истиҥ-иһирэх дьоро күн буолан ааста. Николай кэргэнэ, ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, учууталлара, оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар.Икки оҕо дакылаат аахта. Кинилэртэн биирдэстэрэ убайын уола, детсад иитиллээччитэ Сахаяр Рыкунов уонна оскуола үөрэнээччитэ Артур Семенов ааҕан иһитиннэрдилэр



Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *