Перейти к содержанию

Кулун тутар 20 күнэ

Улус Медиа

ГлавноеКультураНовостиНэһилиэк олоҕо

Партизаҥҥа Николай Рыкунов туһунан «Олох суһума» кинигэ сүрэхтэннэ

Um-Redactor19.03.24 21:25

Эдэр сааһыгар олохтон туораабыт Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, литература кириитигэ, телесуруналыыс, прозаик, тылбаасчыт Николай Рыкунов туһунан, кини кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун, айар үлэтин сырдатар-кэпсиир «Олох суһума» диэн кинигэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, сүрэхтэннэ.

Бу күн кинигэни эт илиилэринэн тутан-хабан суруйан таһаарбыт Николай Рыкунов үтүө доҕотторуттан биирдэстэрэ “Чолбон” уус-уран литературнай уонна уопсастыбаннай-политическай сурунаал сүрүн редактора, поэт, публицист, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ Гаврил Андросов-Ондороос ыалдьыт буолла.

«Хомус» фольклор дьиэтин уонна
олохтоох модельнай библиотека тэрийиилэринэн олус истиҥ-иһирэх дьоро күн буолан ааста. Николай кэргэнэ, ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, учууталлара, оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар.

Икки оҕо дакылаат аахта. Кинилэртэн биирдэстэрэ убайын уола, детсад иитиллээччитэ Сахаяр Рыкунов уонна оскуола үөрэнээччитэ Артур Семенов ааҕан иһитиннэрдилэр.

Полина Скрябина

Поделиться: 

САҤА КИНИГЭ

ЧИТАЙТЕ ДАЛЬШЕ

НАМ УЛУУҺУГАР «ЯКУТМЕБЕЛЬ» ПРОМКОМБИНАТ ҮЛЭТИН КЭРЭҺЭЛИИР КИНИГЭ СҮРЭХТЭННЭ

27.12.23 16:21

НАМ УЛУУҺУТТАН КӨСТҮБҮТ ИЛИИНЭН СУРУЛЛУБУТ СУРУНААЛ 100 СЫЛ БУОЛАН БАРАН КИНИГЭ БУОЛАН БЭЧЭЭТТЭННЭ

22.12.23 19:12

ОЛОХПУТУН СЫТЫЫРХАТЫАҔЫҤ!

21.11.23 15:55

НАМ УЛУУҺУН ПЕДАГОГТАРЫН АЛБАН ААТЫГАР КИНИГЭ БЭЧЭЭТТЭННЭ

07.10.23 20:28

КультураНовостиНэһилиэк олоҕо

Олоҕум оһуордаах кэмнэрэ

Um-Redactor21.03.24 17:13

Бэҕэһээ биһиги нэһилиэкпитигэр олус сэргэх тэрээһин буолла. Ол курдук, Нам улууһун «Ытык киһитэ», Бартыһаан нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ култууратын уонна тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара, библиотечнай систиэмэ бэтэрээнэ Марфа Оконешникова 80 сааһын бэлиэтиир «Олоҕум оһуордаах кэмнэрэ» диэн үбүлүөйдээх истиҥ киэһэтэ тэрилиннэ.

Марфа Васильевна 1963 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» девиһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн библиотекарь үөрэҕэр үс сыл үөрэммитэ. Бүтэрэн баран талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик биэнсийэҕэ тахсыар диэри библиотекарынан үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан баран бааһынай хаһаайыстыба тэрийэн үлэлээбитэ уонна хаһаайыстыбатын 2015 с. уолугар туттарбыта.

Ити кэмнэргэ үлэтин быыһыгар уһуннук нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар: дьахтар сэбиэтигэр, бэтэрээннэр сэбиэттэригэр, быыбар хамыыһыйатыгар, нэһилиэккэ ырааһырдыыны көрөр хамыыһыйатыгар, оройуон суутугар норуот сэтээтэлинэн сылдьар уонна агитзона салайааччытынынан үлэлиир. Ону таһынан, өссө
иис абылаҥар ылларан, норуот маастарыгар тиийэ үүнэр. Илиитигэр талба талааннаах Марфа Васильевна оҥоһуктарын быыстапката көрдөрүүгэ туруоҕа.

Полина Скрябина

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *