⚜️Эр дьон «Дорҕоон түһүлгэтигэр» түмүстэ
Бүгүн Нам улууһун кииннэммит библиотечнай ситимэ, улуус аҕаларын уонна дьахталларын түмсүүлэрэ көҕүлээһиннэринэн, саха тылын дьиҥ судаарыстыбыннай суолтатын үрдэтиигэ, ааҕыыны көҕүлүүргэ, болҕомтону тардыыга, эр киһи оруолун уопсастыбаҕа үрдэтиигэ сыаллаах-соруктаах «Дорҕоон түһүлгэтэ» улуустааҕы күөн-күрэс буолла.
Куонкурус биллиилээх поэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С. Сивцев — Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр ананна.
Кыттааччы эр дьон бастакы түһүмэххэ прозаттан, поэзияттан быһа тардыыны аахтылар уонна түмүк көрсүһүүгэ бэриллибит тиэмэни арыйан кэпсээтилэр.
Уопсайа 17 нэһилиэктэн кыттыыны ылан, 7 эр бэрдэ түмүккэ көрсүбүттэриттэн III үрдэлгэ Партизантан Владимир Колесов, II үрдэлгэ Искраттан Сандал Парников таҕыстылар. Муҥутуур кыайыылааҕынан Аппааныттан Семен Аргунов ааттанна.