Кэтэһиилээх кэрэ кэммит
Көрсүһэр үөрүүлээх чааспыт
Тиийэн тигинээн кэлбитинэн
Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр
Дмитрий Иванович Кривошапкин аатынан “Хомус” ФДь саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр быйыл ураты көстүүлээх, үрдүк таһаарыылаахтык аастылар. Ол курдук:Ахсынньы 31 күнүгэр “Назад в СССР” диэн театрализованнай дьүһүйүү, ону тэҥэ «Happy new year» сүүйүүлээх оонньуу. Сүрүн бириис хаһаайынынан Үөдэйтэн сылдьар ыалдьыппыт … Смарт телевизор сүүйэн үөрүү көтүү үктэллээх тарҕаспыппыт;Тохсунньу 1 күнүгэр уоттаах – күөстээх үҥкүү дьоро киэһэтэ. Үҥкүүнү …
🎅🏽🎄🎅🏽🎄🎅🏽🎄 Ахсынньы 16 күнүгэр, Саргылаах саҥа дьылы көрсө түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Хаарчаана 2022» конкурсу сиһилии киирэн аах ⏭️⏭️⏭️
🎅🏽🎄🎅🏽🎄🎅🏽🎄Ахсынньы 16 күнүгэр, Саргылаах 2023 саҥа дьылы көрсө түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Хаарчаана 2022» конкурс буолан ааста. Ону тэҥэ лаглайбыт күөх харыйабыт уотун сандаартыбыт.Хаарчаанаҕа уопсайа 5 түөлбэттэн, 5 кыргыттар 5 түһүмэхтээх күөн көрсүүнү аастылар.
Ахсынньы 13 күнүгэр, Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр «Дьүрүл» народнай хомус ансаамбылын төрүттээбит Улууспут Ытык киһитэ, ССРС култууратын туйгуна, олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, Алгысчыт Аан дойдутааҕы варганнай музыка круиз кыттыылааҕа, степендиата, сцена бэтэрээнэ Кривошапкин Дмитрий Иванович аатын үйэтитэн, нэһилиэк сынньалаҥын киинигэр кини аатын иҥэрии уонна «мемориальнай дуоска» арыллыытын тэрээһинэ ыытылынна, киэн туттар киһибит суох буолбута номнуо биир сыла буолла
»Дьүрүл» норуодунай ансаамбыл ахсынньы 5 күнүгэр Всероссийскай Волонтёр күнүгэр «Молоды душой» диэн благотворительнай кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар
Хомус куттаах Бартыһаммытыгар ытыктыыр, убаастыыр киһибит Д. И. Кривошапкин айан — тутан хаалларбыт «Хомус иэйиитэ» конкурс туһунан сиһилии билис ⏩⏩⏩
Үгэскэ кубулуйбут норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, «Импровизатор хомусчут»Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын “Үтүөлээх үлэһитэ”, Нам улууһун, Бартыһаан, Таастаах нэһилиэктэрин «Ытык киһитэ»,Д.И. Кривошапкин аатынан, «Хомус иэйиитэ» Ахсынньы 2 күнүгэр,Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах көрүү конкурс буолан ааста. Манна Үөһээ Бүлүү, Дьокуускай куорат Нам улууһуттан уопсайа 50 киһи кыттыыны ыллылар.Саастарынан көрөн Лауреаттар ааттанныллар, Муҥутуур кыайыылааҕынан биир дойдулаахпыт, эдэр кэскиллээх хомусчут Нария Турантаева тахсан …
Сиэн Өкөр »Иччитэх күөлгэ күлүктэр» испиктээкил
Сэтинньи 30 күнүгэр, Сиэн Өкөр кэпсээнинэн «Иччитэх күөлгэ күлүктэр» диэн спектакль премьерата буолан ааста. Туруорааччы режиссер СР «Культуратын туйгуна» Альбина Алексеева, режиссер көмөлөһөөччүтэтэ Татьяна Афанасьева.Бу дириҥ ис хоһоонноох спектаклы «Айдар» драм коллектив үрдүк таһымнаахтык, оруолларыгар киирэн толордулар.Киирбит үп Саха сиригэр «Культурнай нэһилиэстибэ» сылынан, тарбахтарыгар талааннаах, айар тутар иистэнньэҥнэргэ «Ай-Тик» куруһуок үүнэрин сайдарын туһугар туттарылынна, сал. …
Бартыһаан нэһилиэгэр «Олоҥхо» декадатын арыллыытын киирэн көр, сиһилии аах⏩⏩⏩
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэнСэтинньи 2️⃣6️⃣ күнүгэр, Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь, Наммыт улууһун 2022 сыл Уеьээ Булуугэ ыытыллыбыт Ереспуубулукэтээги «Олонхо ыьыагар» 3ст уктэл кыайыылаахтара айымньылаах тыллаах «Ай-Тыл» фольклорнай бөлөх —«Олоҥхо ыллыгынан айан» диэн ыалдьыттаан ааста.Саха тылынан уус — уран айымньытын биир бастын керунэ ЮНЕСКО шедевра буолбут, улуу олонхобутун уруйдаан айхаллаан керустубут.🔅🔅🔅Өбүгэлэрбит са5аттан кэлбит …
⚜️⚜️⚜️ Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Биллэриитэ
⚜️⚜️⚜️ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Сэтинньи 2️⃣6️⃣ күнүгэр, күнүс 1️⃣5️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан, Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь, Наммыт улууһун айымньылаах тыллаах «Ай-Тыл» фольклорнай бөлөҕө — «Олоҥхо ыллыгынан айан» диэн истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырар. Бу күн эһигини күүтэр: 2022с Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын бөлөҕүнэн толорууга 3 үрдэл ылбыт , Биир дойдулаахпыт СССР суруйааччыларын союһун чилиэнэ,олоҥхоһут …
🔱🔱🔱 Болҕойун, болҕойун, болҕойун🔱🔱🔱 Сылын аайы ыытыллар республиканскай таһымнаах «Хомус иэйиитэ» Балаһыанньаны кытта салгыы киирэн билис ⏩⏩⏩
Үгэскэ кубулуйбут норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, «Импровизатор хомусчут»Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын “Үтүөлээх үлэһитэ”, Нам улууһун, Бартыһаан, Таастаах нэһилиэктэрин «Ытык киһитэ»,Д.И. Кривошапкин аатынан, «Хомус иэйиитэ»Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэсТОСХОЛО: Ыытыллар сирэ: Нам улууһа, Бартыһаан нэһилиэгэ, «Хомус» ФДЬ.Буолар кунэ-дьыла: Ахсынньы 2 күнэ, регистрация: 10:00, күрэх көрүүтэ: 11:00 чТэрийээччилэр: Бартыһаан нэһилиэгэ «Хомус» ФДЬ, «Дьүрүл» н/а. Күрэх сыала-соруга: Наҕараадалааһын: