Муус устар 7 күнүгэр «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр улуус култуураларын үлэһиттэригэр уонна саха сиэрин-туомун сэргээччилэригэр аналлаах “Кымыс иһиитин сиэрэ-туома” семинар буолан ааста. Семинар арыллыытыгар алгысчыт Кычкин Петр Петрович – Сайылык Уола Аал уотун айах тутан аһатан, күндүлээн, маанылаан, Кымыс иһиитин сиэрин-туомун оҥордо. Алгысчыты кымыстаах чороонунан арыаллаатылар Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын «Этнохудожественнай творчество» салаатын уһуйааччылардаах: Мыреева В.В., Габышев Р.А. устудьуоннара.
Бу семинарга Тааттаттан, Уус-Алдантан, Чурапчыттан, Горнайтан, Хаҥаластан, Намтан кымыска сыһыаннаах мас оҥоһуктар маастардара бэйэлэрин үлэлэрин, ону таһынан «Чороон XXI үйэ» тэрилтэ быыстапкаларын дьон-сэргэ ортотугар аҕалан туруордулар. Бу тэрээһин аныгы үйэ ирдэбилинэн куйаар ситимин нөҥүө быһа холбонууга араас улуустартан сүүрбэттэн тахса киһи киирэн иһиттилэр, киэҥ сэҥээриини ыллылар.
«Арчы Дьиэтин» салайааччыта Андреева Лариса Константиновна эҕэрдэ тыл эттэ, ыһыах сайдыытыгар инники соруктарын билиһиннэрдэ.
Бу семинарга маннык иһитиннэриилэр бардылар:
«Кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар туттуллар иһиттэр» — Осипов Дмитрий Константинович, “Симэх” Норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин уус-уран оҥоһуктары сайыннарар салаатын салайааччыта.
“Кымыс иһиитин сиэрин-туомун оҥорор сирин уонна ландшафтнай көстүүтүн булуу, тэрийии”- Яковлев Вильям Федорович, этнограф, «Үс Хатыҥ» архитектурнай этнографическай комплекс дириэктэрэ.
«Кымыс иһиитэ” сиэри-туому толорууга аналлаах түһүлгэ тутуулара» — Васильева Александра Васильевна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин фольклорга специалиһа
“Сылгы сиэлэ, саха итэҕэлэ” — Данилова Наталья Ксенофонтовна, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт старшай научнай үлэһитэ, история билимин хандьытаата.
«Ксенофонт Дмитриевич Уткин – Нүһүлгэн, философоскай билим докторын концепциятыгар олоҕурбут Ньурба улууһугар «Ыһыахха кымыс иһиитин сиэрэ-туома»» — Тихонова Розалия Михайловна, Ньурба улууһун Култуураҕа Департаменын салайааччыта.
Семинар түмүгэр ырытыыга бэйэлэрин көрүүлэрин этэн кыттыстылар: Гоголева Марта Романовна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Лопатин Афанасий Петрович, норуот маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Самойлова Галина Афанасьевна, Сунтаар култууратын управлениятын иһинэн үлэлиир методическай киин салайааччыта уонна Валерий Егорович Васильев, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт старшай научнай үлэһитэ, история билимин хандьытаата.
Кымыс иһиитин сиэрин-туомун туһунан сөптөөх сүрүн этиилэр, санаалар этилиннилэр, кэпсэннилэр. Устудьуоннар, эдэр специалистар олус сɵбүлээн, сэргээн, боппуруос арааһын ыйытан кɵхтɵɵхтүк кыттыннылар. Семинары ыытыы тэрээһиҥҥэ үлэлэспит дьоммутугар-сэргэбитигэр, быыстапкаҕа кыттыбыт уустарбытыгар, кэрэ оҥоһуктарын көрдөрбүттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Өбүгэ үгэһин үйэтитэ, саха төрүт култууратын тарҕата, сайыннара сылдьыҥ диэн алгыыбыт!