⚜️⚜️⚜️ Бэҕэһээ күнү быһа ыытыллыбыт, уус уран самодеятельность фестиваль 3 чааһа фольклор көрүҥэр буолан ааста 😊😊😊
Уопсай түмүгүнэн үрдүк баалы ылан Партизан бэйэтин группатыгар Муҥур кыайыылаах буолла 🥳🥳🥳🥳🥳🥳
🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽
Кыттыыны ылбыт «Күөрэгэй» оҕо ансаамбылга, сал. Вера Николаевнаҕа, «Сайбай» фольклорнай бөлөх сал. Альбина Алексеева, «Айылгы» орто оскуола коллективыгар Надежда Николаевна Аммосоваҕа, кырыымпа доҕуһуолугар олорбут Марфа Прокопьевна Захароваҕа, уонна массовкаҕа кыттыбыт нэһилиэкпит талба талааннаах эдэр ыччаттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
🥰🥰🥰🥰🥰🥰🥰
Улуукан убайбыт Дмитрий Иванович айымньыларынан фольклорнай дьүһүйүүнү үрдүк таһымнаахтык толорон дьон сэҥээриитин ыллыбыт.
Айар аартыккыт арыллан өссө да үүнүүнү — сайдыыны баҕарабыт🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽🙌🏽😘😘😘😘😘😘