Перейти к содержанию

»14 граций» күрэх

Кулун тутар 17 күнүгэр оскуола коллектива кыргыттарга аналлаах «14 Граций Айыы Куо» диэн Светлана Лукина (Сайыына) проегын чэрчитинэн олус кэрэ тэрээһин буолан ыыттылар. Бу күн кыргыттарбыт сааскы чаҕылхай күннүү мичээрэн, кэрэ сибэккилии сандааран, кыталык курдук кынталдьыһан, сахалыы таҥнан-симэнэн, куба курдук долгуйан үөмэр-чүөмэр үктэнэн сыанаҕа таҕыстылар.
4 кылаас тыллан эрэр кэрэчээнэлэрэ сир симэ5ин курдук симэнэн үҥкүүлээн тэлээрдилэр. Уонна »Ньургуһун Куо» анал ааты ыллылар.
1 кылаас кырачаан кыргыттара «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхоттон быһа тардан көрдөрдүлэр. Уонна кинилэргэ »Кэрэ Куо» анал аат тигистэ.
Онтон 2 кылаас хамаандатын кыргыттара ылба5ай ырыа кэһиилээх кэлэннэр »Кыталык Куо» анал ааты иҥэриннилэр уонна Добун Сурук үрдүк аатын ыллылар.
Онтон үрдүкү кылаас нарын-намчы кыргыттара бастыҥ мааны майгыларын, тутталлара-хапталлара сиэрдээҕин, сиэри кэспэккэ сэмэйдик сылдьалларын, өйдөрө-санаалара сырдыгын бар дьонноругар түһүмэх аайы көрдөрөн истилэр. Ол курдук 6 уонна 8 кылаас килбик кыргыттара Оһуор үҥкүүтүн үҥкүүлээннэр »Нарын Куо» анал ааты иҥэриннилэр. 7 кылаас эйэҕэс кыргыттара хомус дьүрүскэн тыаһынан тэрээһиммитин киэргэттилэр уонна »Кыталык Куо» анал аакка тигистилэр.
Онтон 5 кылаас улаатан, силигилээн эрэр кэрэчээн кыргыттара түһүмэхтэри барытын чаҕылхайдык ааһаннар »Кэрэ Куо» анал ааты ыллылар уонна Добун сурук хаһаайкалара буолбуттара.
Түһүмэхтэргэ кыргыттар талба талааннара арыллан истэ, ол курдук бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр үөрэҕи таһынан тугунан дьарыктаналлара, быысабайдаан, о5уруолаан иистэнэллэрэ, асчыт бастыҥа буолаллара, уруһуйдаан, үҥкүүлээн, музыканы оонньоон, үлэни өрө туталлара көстүбүтэ. Хааман көрдөрүү түһүмэҕинэн кыргыттарбыт тутта-хапта сылдьаллара сиэрдээ5э, сороҕор наҕыллык бытааран, сороҕор тэтимнээхтик түргэтээн, бэйэлэрин кыана тутталлара, кэрэлэрин харыстаан, кимиэхэ да ыстарбакка, дьоһуннаахтык сылдьалларын көрдөрөн дьон -сэргэ кутун-сүрүн туппуттара. Ол кэнниттэн кэрэчээнэлэрбит оҕуурдаах ыйытыктарга мындырдык эппиэттээннэр саха сиэрин-туомун билэллэрин, духовнай культураларын ытыктыылларын, өйдөрө-санаалара ырааһын, саха үөрэҕин өрө туталларын көрдөрбүттэрэ.
Дьэ, ити курдук кыргыттарга аналлаах тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта диэн көрөөччүлэр да, дьүүллүүр сүбэ да сыаналаабыттара, хайҕаабыттара.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *