Үгэскэ кубулуйбут норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, «Импровизатор хомусчут»
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын “Үтүөлээх үлэһитэ”, Нам улууһун, Бартыһаан, Таастаах нэһилиэктэрин «Ытык киһитэ»,
Д.И. Кривошапкин аатынан, «Хомус иэйиитэ» Ахсынньы 2 күнүгэр,
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах көрүү конкурс буолан ааста. Манна Үөһээ Бүлүү, Дьокуускай куорат Нам улууһуттан уопсайа 50 киһи кыттыыны ыллылар.
Саастарынан көрөн Лауреаттар ааттанныллар, Муҥутуур кыайыылааҕынан биир дойдулаахпыт, эдэр кэскиллээх хомусчут Нария Турантаева тахсан Бүлүү улууһун тимир ууһа оҥорбут Мандаров Хомуһунан наҕараадаланна.
Бу тэрээһиҥҥэ убаастабыллаах, ытыктыыр киһибит айан хаалларбыт «Хомус иэйиитэ» Конкурспутугар күүс — көмө өйөбүл буолан бириис туруорбут бар дьоммутугар: Полина Ивановна Скрябинаҕа,
Валерий Валентинович Мордосовка,
Сардана Петровна Бережневаҕа,
Бааһынай хаһаайыстыбаларга сал. Юлия Афанасьевна Федорова,
«Кустук» оҕо уһуйаан коллективыгар, сал. Саргылана Егоровна Протопопова,
«Айылгы» орто оскуола коллективыгар, сал. Надежда Николаевна Аммосоваҕа баһыыба бастыҥа, махтал мааныта ананнын💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐💐
Өссө да маннык бииргэ түмсэн үлэбит үрдүк таһаарыылаах буоллун, тус бэйэҕитигэр чугас дьоҥҥутугар чиҥ — чиргэл доруобуйаны, бары кэрэни, табыллыыны, сатабылы баҕарабыт👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽
Ытыс ымыыта буолбут
Дьүрүһүйэр хомуспут
Хомус куттаах Бартыһааммытыгар,
Дьиэрэһийэ ыллаатын
Үйэттэн үйэҕэ
👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽