⚜️⚜️⚜️ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Сэтинньи 2️⃣6️⃣ күнүгэр, күнүс 1️⃣5️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан, Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь, Наммыт улууһун айымньылаах тыллаах «Ай-Тыл» фольклорнай бөлөҕө — «Олоҥхо ыллыгынан айан» диэн истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырар. Бу күн эһигини күүтэр: 2022с Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын бөлөҕүнэн толорууга 3 үрдэл ылбыт , Биир дойдулаахпыт СССР суруйааччыларын союһун чилиэнэ,олоҥхоһут Егор Герасимович Охлопков- Буоратай «Алантай Боотур » олоҥхотуттан быһа тардыы.Ону тэҥэ:
- норуот ырыата;
- тойук;
- чабырҕах;
- дэгэрэҥ ырыа;
- саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы оройуттан тутуу;
- 🔅🔅🔅
- Хомус алыптаах доҕуһуолунан киэргэтиэхтэрэ
- Импровизатор хомусчуттар *Сахая Колодезникова (Нам),* *Мария Аргунова(Партизан)* уонна *Геннадий Игнатьев (Үөдэй),*
- ылбаҕай ырыаларын,чаҕаарыйар чабырҕахтарын бэлэх уунуохтара эдэр олоҥхо толорооччулар *Ньургустаана Лебедева (Маймаҕа),* *Владимир Сыромятников (Нам),* Саха НКИХ ыытыллыбыт «Олонхо-баттл» күрэх кыттыылааҕа *Вера Цыпандина (Нам)*
- 🔅🔅🔅
- *Киирии билиэт:* 100 солк;
- 🔅🔅🔅
- *Өбүгэлэрбит са5аттан кэлбит улуу айымньыбыт тула бука бары үөрэ — көтө түмсүөҕүн!*