Бартыһаан — хомус биһигин уйата
Ытыктабыллаах убайбыт Дмитрий Иванович Кривошапкин үтүө аатын үйэлэргэ ааттатан, дойду үрдүнэн биллэриллибит Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхо уонна хомус декадатын чэрчитинэн ыытыллар «Улуукан убайбыт суолунан…» үтүө тэрээһин буолан ааста.
Кривошапкиннар уонна Яковлевтар аҕа уустара улахан кэнсиэр көрдөрдүлэр. Бу аҕа уустара 1995 сылга дьахтар күнүгэр кэнсиэр көрдөрбүт архыыптарыттан быһа тардан көрдөрдүлэр.
Алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр ырыа — тойук маанытын иһиттибит үҥкүү -битии кэрэтин көрдүбүт. Киирии билиэтинэн бэйэ аһын, оҥоһуктарын: туортары, эриллибит эти уонна да араас киэргэллэри оонньоттулар.
Хомус күнүгэр бары хомуспутун илдьэ кэлэн күргүөмүнэн хомустаатыбыт. Кэнсиэри иилээн ыытта — Анастасия Васильева.
Бу күн Аҕа баһылык Алексей Зырянов наҕраадалары туттарда.
Улуус баһылыгын солбуйааччыта Юрий Дьяконов, улуус депутаттарын бэрэсэдээтэлэ Алексей Винокуров уонна культура управлениетын начальнигын солбуйааччыта Александра Новгородова кэлэн ыалдьыттаан хомустаһан бардылар.
Полина Скрябина