Перейти к содержанию

🔶Нам улууһун Партизан @partizansonunnara эр дьоно сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан — Аан дойду дьахталларын күнүнэн нэһилиэк кэрэ аҥаардарыгар эҕэрдэ кэнсиэр бэлэх ууннулар. 🔶Ол курдук, «Хомус» фольклор киинигэр @df_khomus_partizan , кулун тутар 8 күнүгэр күн күбэй ийэлэргэ, эйэҕэс эбээлэргэ, эдьиийдэргэ, балыстарга күүстээх аҥаардар ааттарыттан саха эстрадатын эдэр ырыаһыттара Николай Новгородов-Сиэрдээх Сэһэн, Василий Новоприезжий, Андрей Васильев-Айастаан, Гаврил Портнягин, Владимир Никифоров-Сайдам, Станислав Луковцев «Үтүөнү өрө дагдатан» ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээтилэр. 🔶Тэрээһин нэһилиэк эр дьонуттан кэрэ куоларга бэлэх буолан, кэнсиэргэ киириитэ көҥүл, буор босхо буолла. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии киэһэтигэр Партизан кэрэ аҥаардара дуоһуйа сынньаннылар, сэргэхсийдилэр, үөрдүлэр-көттүлэр уонна нэһилиэк эр дьонун түмсүүтүгэр, баһылык Алексей Зыряновка муҥура суох махтаналларын эттилэр. ✍🏻Майя Федорова @maiya_urievna_ @gazeta_enseli #үтүөдьыала #намулууһа #нэһилиэколоҕо #эҥсиэлихаһыат

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *