Перейти к содержанию

Архивы за месяц Декабрь, 2023

Ахсынньы 15 күнэ

🎄🎄🎄🎄🎄🎄Тымныы Моруос Хаарчааналыын сиэттиһэн,Оҕолорун ахтан,Лаглайбыт күөх харыйа тула,Ырыа хоһоон аахтылар.🎅🏽🎅🏽🎅🏽🎅🏽🎅🏽🎅🏽Үүнэн эрэр 2️⃣0️⃣2️⃣4️⃣ саргылаах Саҥа сылынан Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» фольклор дьиэтэ Ахсынньы 1️⃣5️⃣ күнүгэр1️⃣7️⃣.1️⃣5️⃣ч: Кырачаан оҕолорго Тымныы моруос оҕонньор доҕотторунаан «Лаглайбыт күөх харыйа» уотун сандаардар тэрээһиҥҥэ кытыннылар.📹📹📹📹📹📹1️⃣7️⃣.4️⃣0️⃣ч:📹2023 сыл Чөл олоҕу тутуһар Бартыһаан нэһилиэгэр ыытыллыбыт видеосюжеттары көрдүлэр📹Оҕолор уонна төрөппүттэр Александр Моруо туруоруутугар «Тымныы оҕуһа» сахалыы …

Ахсынньы 10 күнэ

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️Ахсынньы1️⃣0️⃣ күнүгэр, киэһээ1️⃣8️⃣.0️⃣0️⃣ ч. «Алгыс» Норуот Айымньытын Киинигэр«Эҕэрдэ эһиэхэ, дойдум дьоно!» культура эйгэтигэр өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбит дьон кэнсиэригэр, биһиги коллегабыт Нюргуяна Руслановна Сысолятина уонна кини «Күрүлгэн» ыччат үҥкүүтүн коллектива ситиһиилээхтик кытыннылар⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️Нюргуяна Руслановна айымньылаах үлэтигэр үрдүк ситиһиини✨✨✨✨✨✨

Сэтинньи 8 күнэ

Партизан нэһилиэгэр үчүгэй сонун бүгүн. Капитальнай ремонт кэнниттэн саҥа ирдэбилгэ эппиэттиир почта дьиэтэ нэһилиэкпит дьонугар аанын аста. Бу тэрээһини Дьүрүл народнай ансаамбыл Эдэр көлүөнэтэ салайааччы Мария Аргунова иилээн ыытта. Баҕарабыт почтабыт дьиэтэ сылаас сырдык буоллун Почта үлэһиттэригэр ситиһиини, дьиэ кэргэттэригэр дьолу соргуну баҕарабыт.

Ахсынньы 5 күнүгэр

Бартыһаан нэһилиэгэр олоҥхо декадатын сабар тэрээһиннэ Хаҥалас нэһилиэгэр үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар биир идэлээх уолбут Владик Барамыгин В.Каратаев “Модун Эр Соготох” олонхоттон быһа тардыыны ааҕан иһитиннэрдэ, ону тэҥэ 2024 сыл Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн” сылын көрсө нэһилиэкпитигэр Дьиэ кэргэнинээн олоҥхо ааҕыытын саҕалаатыбыт. Биир дойдулаахпыт, ытыктыыр убаастыыр киһибит Д.И.Кривошапкин “Сур Соноҕос аттаах Алтан Саар бухатыыр” олоҥхотун быһа …

Ахсынньы 4 уонна 5 күннэригэр

Дьокуускай куоракка Саха сиригэр олоҥхо декадатын күннэригэр аналлаах Межрегиональный фестиваль – форум “Эпосы мира на земле Олоҥхо” диэн улахан тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу манна Сахабыт сирин 22 улуустарыттан уонна Тыва, Башкортостан, Кыргызстан тыыннаах дорҕоон бөлөхтөрүн көрүү конкурсугар Нам улууһун культуратын үлэһиттэрэ “Ай-Тыл” бөлөх кыттыыны ылан, ол быыһыгар биһиги кыыспыт Мария Аргунова кыттыылаах 10 …

Сэтинньи 30 күнэ

Аатырбыт хомусчут Дмитрий Кривошапкин аатын үйэтитэн үрүҥ көмүстэн бэлиэ кутулунна.Бартыһааҥҥа «Ыллаа, туой хомуһум» диэн Дмитрий Кривошапкиҥҥа анаан бэлиэ оҥоһулунна. Ытык киһибит аатын үйэтитээри нэһилиэгинэн үрүҥ көмүс хомуйаммыт, бэлиэбит көмүстэн кутулунна. Бу бэлиэ быйыл нэһилэкпитигэр тэрилтэлэринэн илииттэн-илиигэ бэриллэн, хомус абылаҥын, патриотическай тыыны, саха тылын, кутун бөҕөргөтүө диэн бигэ эрэллээхпит.Ол курдук, эстафета бастаан тэрилтэ салайааччыларыттан саҕаланна. Дмитрий …

Сэтинньи 28 күнэ

Сэтинньи 28 күнүгэр Арассыыйаҕа «Уһуйааччы уонна Аҕам сүбэһит» сылыгар, олоҥхо күнүгэр аналлаах, Бартыһаан «Кустук» уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун икки ардыларыгар «Мин – Саха төрүт оҕотобун, Олоҥхо – олох үөрэҕэ» көрүү конкурс буолан ааста. Уопсайа конкурска 17 оҕо кыттыыны ылбытыттан 3 миэстэ Айаал Сидоров, 2 миэстэ Сандаар Кривошапкин, 1 миэстэ Удьуор Соловьев буоллулар. Бу курдук саха …